Автор: Никифорова Татьяна Анатольевна
Должность: Учитель начальных классов
Учебное заведение: МБОУ"Чуйинская СОШ им.В.В.Скрябина"
Населённый пункт: с. Чюйя
Наименование материала: Проектная работа
Тема: Проектная деятельность младших школьников
Раздел: начальное образование
Мэҥэ-Хаҥалас улууhа
МТ «Ходоро нэhилиэгэ»
МБОУ «В.В.Скрябин аатынан Чүүйэ орто оскуолата»
Проект «Манчаары ааттаах суолунан»
(Туристическай айан)
Толордо:11 кылаас үѳрэнээччитэ Никифорова Катя.
Координатор: Новгородов Иван Иванович –
Догдоҥо нэhилиэгин баhылыга.
Салайааччы: Никифорова Татьяна Анатольевна.
2021с
1
Иьинээ5итэ:
1.
Киирии тыл…………………………………………………..……………..3
2.
Манчаары оло5ун үɵрэтии………………………….…..………………4
3.
Бииргэ үɵрэнэр о5олорум Манчаары туһунан билиилэрин чинчийии..6
4.
Чүүйэттэн чугас баар Манчаарыга сыһыаннаах историческай сирдэри
чинчийии……………………………………………………………………7
5.
Чүүйэ орто оскуолатын 10 кылааһын о5олоругар анаан «Манчаары
ааттаах суолунан» туристическай экспедиция маршрутун оңоруу,
экспедицияны тэрийэн ыытыы……………………………………….….9
6.
Тумук тыл………………………………………………………………….11
7.
Туьаныллыбыт литература…………………………………………….....12
2
Киирии тыл
Хас биирдии киьи олорор сирин, кини историятын туьунан билиэхтээх,
киэн туттуохтаах. Биьиги дойдубут – Ходоро нэьилиэгэ бэйэтэ баай
историялаах дойдунан биллэр. Сахалар киэн туттар легендарнай геройбут –
Манчаары оло5о биьиги дойдубутун эмиэ тумнан ааспата5а. Биьиги кини
оло5ун, сылдьыбыт сирдэрин туьунан бэрт а5ыйа5ы билэбит. Ол иьин
проекпытыгар «Манчаары ааттаах суолунан» диэн теманы талан 2 сыллаах
проект онорбуппут.
Улэбит сурун сыалынан - Сахалар легендарнай геройбут - Баһылай
Манчаары
аатын
үйэтитии
буолар.
Сыалбытыттан
маннык
соруктар
тахсаллар:
•
Манчаары оло5ун, сылдьыбыт сирдэрин үɵрэтии;
•
Бииргэ үɵрэнэр о5олорум Манчаары туһунан билиилэрин чинчийии;
•
Чүүйэттэн чугас баар Манчаарыга сыһыаннаах историческай сирдэри
чинчийии;
•
Чүүйэ орто оскуолатын 10 кылааһын о5олоругар анаан «Манчаары
ааттаах суолунан» туристическай экспедиция маршрутун оңоруу,
экспедицияны тэрийэн ыытыы;
•
Бастакы экспедиция-поход тумугунэн нэьилиэкпит атын тумсуулэригэр
пропагандалааьын.
Бу улэбитигэр элбэх научнай информацияны уерэтэн, Василий Федорович
туьунан
билиэхпитин
наада.
Манна
тахсыбыт
кинигэлэринэн
эрэ
мунурдаммакка, ытык кырдьа5астартан ыйыталаьан, кинилэр ахтыыларын
билиэх тустаахпыт.
3
1.
Манчаары оло5ун, сылдьыбыт сирдэрин үɵрэтии
Саха
национальнай
геройа,
саха
литературатын
бастакы
айымньыларын сурун персонаьа, норуокка киэнник биллибит олонхоьут
уонна тойуксут – Баьылай Манчаары 1805 сыллаахха бэс ыйыгар Мэңэ
улууһугар Арыылаах диэн алааска Быттааны Сүѳдэр дьиэ кэргэнигэр
тѳрѳѳбүтэ.
Манчаары о5о эрдэ5иттэн сурдээх кыахтаах, кытыгырас эбит. А5ата
еруу бэйэтин кытта илдьэ сылдьар буолан, сылгыга сыста5ас буола
улааппыт.
1814с. – то5ус саастаа5ар, а5ата елбутун кэнниттэн, нэьилиэк
быраабатын дьаьалынан, дьиэтин кэргэнигэр хаьаайыстыба баьылыгынан
ананар. 1827с. – ыалын кыыьын, Варвара Степановнаны кэргэн ылар. Бу сыл
Чоочо баайтан оттуур ходуьатын теттеру ылаары, айдаарсан, нэьилиэк
чаччыыналарын дьуулунэн таьыллар. Манчаары батталы утары охсуьуутугар
баайдартан харчыларын, кемустэрин, малларын ылан дьаданы, кыаммат
дьонно тунэтэлиирэ. Бу сылдьан элбэхтэ хаайыыга киирэрэ, онтон куруурэ.
Кини со5отох буолбатах этэ, кэнники тутулларыгар кини до5отторо, киниэхэ
кемелеспут дьон диэн 43 киьини тэннэ сууттаабыттара. Курээн сылдьар
кэмигэр, боростуой дьон Манчаарыны саьыарар тугэннэрэ элбэх эбит.
1847с. – атырдьах ыйын 9 кунугэр уокурук суута уон сылга
илиилэриттэн истиэнэ5э сыабынан харалыырга дьууллуур. 1857с. Атырдьах
ыйыгар суут уураа5а толоруллар болдьо5о кэлэр да. Босхолооботтор. Икки
сылынан биирдэ босхолоон, Булуу уокуругар Марха улууьун Бордон
нэьилиэгэр уйэтин устата кеске ыытар туьунан Илин-Сибиир Кылаабынай
управляющайын дьаьала тахсар. Ол кун сыабыттан босхолоон, пересыльнай
хаайыыга кеьеруллэр. 1870 сыллаахха 65 сааьыгар Ньурба Мархатыгар
олорон елер.
4
Манчаары ол кэмнэ баайдар батталларыгар олорбут дьаданы дьонно
кемелеспут, батталы утары охсуспут тумус туттар геройбут буолар.
Манчаары обраьа художественнай литература5а кини ессе тыыннаа5ар XIX
уйэ ортотугар киирбитэ. Норуот Манчаары туьунан элбэх сэьэннэри,
кэпсээннэри, ырыалары айбыта. Манчаары обраьыгар улэьит саха сырдык
ырата, батталы утары охсуьар дьулуура, кылаассабай ейе-санаата, уьуктуута
тумуллубуттэрэ.
Манчаары
оло5ун
сырдатар
театрдарга
араас
испиктээкиллэр туруоруллубуттара.
1968 сыллаахтан биьиги республикабытыгар «Манчаары оонньуулара»
номнуо 22-с тегулун ыытыллаллар.
1979 сыллаахха Манчаары Баьылай унуо5ар сугуруйуу быьыытыгар-
майгытыгар Ньурба5а монументальнай обелиск туруоруллубута.
5
2.Бииргэ үɵрэнэр о5олорум Манчаары туһунан билиилэрин чинчийии (2019с)
Бииргэ уерэнэр кылааьым о5олоругар ыйытык ыыппытым, ол тумугэр
(диаграмманан):
1. Эн тѳрѳѳбүт дойдун историятын туhунан тѳhѳ билэҕин?
а) элбэ5и - 5 б) орто таhымҥа - 6 в) билбэппин - 3
2. Баhылай Манчаары туhунан тугу билэ5ин?
- Чоочо айма5а, баайдары утары охсуспут;
- Күѳх Кэтириинэлиин Чүүйэ5э саспыта, баайдартан харчыларын ылан
дьадаңыларга биэрэр;
- Хаста да хаайыыга киирбитэ, онтон күрээбитэ;
- Кыратык, онон-манан билэбин.
3. Кини оло5ун туhунан эбии билиэххин ба5ара5ын дуо?
а) билиэхпин ба5арабын - 12 б) суох - 2
4. Ханнык бэриллибит кѳрүҥ нѳҥүѳ Манчаары туhунан билиигин хаҥатыан
этэй:
а)бэйэн хасыhан - 1 б)кылаас чааhыгар доклад- 1 в)туристическай айан,
поход- 12
Ыйытыы
тумугунэн,
биьиги
талбыт
улэбит
то5оостоо5унан
сыаналыыбыт. Бииргэ уерэнэр о5олорбуттан угустэрэ Манчаары алааьын
кере да иликтэр элбэхтэрэ билиннэ. Ол эрэн, Манчаары туьунан элбэ5и
билбэтэллэр да, кини оло5ун интэриэьиргииллэр, билиэхтэрин ба5араллар
эбит.
6
3.Чүүйэттэн чугас баар Манчаарыга сыһыаннаах историческай сирдэри
чинчийии
Биллэрин курдук, Манчаары Баьылай Чоочо баай быраата буоларын
быьыытынан, Чууйэнэн Бекенен сылдьан улааппыт.
Биьиги дьиэ кэргэн сылын аайы Баьылай Манчаары тереебут уескээбит
Арыылаах алааьыгар сылдьабыт, отоннуубут. Сааьын ол энэр а5ам кустуур,
сайынын оттуур
буолан, онно эмиэ сылдьааччыбыт. Биирдэ Манчаары
оонньууларыгар
факелга
уот
уматыы
церемониятыгар
тубэьэн
сылдьыбыттаахпыт. Онно - Виталий Очиров Арыылаах алааьыттан куус
ылан алгыс тылын этэн бала5аныгар баар кемулуектэн уот ылбыттара,
себулээн оонньуур бэьигэр «Кыталык» норуот ансаамбыла ункуулэрин
кердербуттэрэ.
Алаас урдугэр Амма энэр эрэ уунэр Рододендрон кытта тыллар, ону
биьиги биир саас бэлиэтии кербуппут.
Туристическай
айан,
экспедиция
диэн
хайда5ын
эппитинэн-
хааммытынан билээри, биьиги дьиэ кэргэн сатыы уонна велосипедынан
Чууйэ-Беке маршрутунан айаннаабыппыт.
Бу улэни са5алыырбытыгар Баьылай Манчаары оло5ун туьунан элбэх
литератураны аахтыбыт, Догдоно нэьилиэгин баьылыгыттан – Новгородов
Иван Ивановичтан, урукку кэмнэргэ Догдоно нэьилиэгэр баьылыктаан
олорбут Титов Спартак Юрьевичтан уонна эьээбиттэн – Скрыбыкин
Анатолий Михайловичтан ахтыы ылбыппыт.
Чууйэттэн чугас сытар Манчаары сылдьыбыт сирдэрин уерэттэххэ
манныктар баалларын билбиппит:
1.
Чууйэ эбэ5э Чоочо баай оттообут отун мунньар сирэ дииллэрэ. Манна
Айгыр тумулугар туран Манчаары Чоочо муспут отун уоттаах о5унан
ытан уоттаабыта диэн кэпсэнэр.
7
2.
Куудай алааһар саһан сыппыт ампаара. Манна Баьылай Манчаары
саллааттартан саьан сыппыт ампаара турар.
3.
Чааппана5а Манчаары Куех Кэтириинэлиин саьан сыппыт сирдэрэ
баар. Манчаары Кэтириинэлиин бэйэ-бэйэлэрин
себулэьэн, бииргэ
олороору былааннанан, кыстык оносто сырыттахтарына суустэн тахса
саллаат кэлэн Манчаарыны тутан барбыттара.
4.
Тэппээк Мээхэлэ 9 ойууну сиэбит алааһа. Номоххо кэпсэнэринэн,
Тэппээк Чоочону кытта сатаспат эбитэ. Чоочо баай ону себулээбэккэ
ыьыах тэрийэн 9 ойууну ынырбыт. Уонна Тэппээги сиэтэ ыыппыт. Бу
алааска кэлэн ойууннар Тэппээккэ хотторон елер суолу булбуттар.
5.
Арыылаах алааһа, бэһэ. Манна 2005 сыллаахха санаттан тутуллубут
Манчаары бала5ана, ампаара баар. Алаас ненуе еттугэр себулээн
оонньообут бэьэ турар.
6.
2005
сыллаахха
Титов
Спартак
Юрьевич,
Абрамов
Василий
Михайлович – краевед, салалтатынан 7 тимир сэргэ туруоруллубут.
Онтон билигин Арыылаах чугаьынан 4 сэргэ баара биллэр. Оччотоо5у
кэмнэ уп-харчы кыаллыбата5ар икки сэргэ оноьуллубакка, турбакка
хаалбыттар. Биир сэргэ Беке чугаьынан Буегургэ туруоруллуохтаа5а
биллэр.
8
4.Чүүйэ орто оскуолатын 10 кылааһын о5олоругар анаан «Манчаары
ааттаах суолунан» туристическай экспедиция маршрутун оңоруу,
экспедицияны тэрийэн ыытыы.
Бииргэ
уерэнэр
о5олорум
Манчаары
оло5ун
туьунан
билиини
туристическай айан ненуе билиэхтэрин ба5аралларыгар оло5уран, биьиги
маннык маршруту толкуйдаабыппыт:
1.
Чүүйэ эбэ5э уот уматыы, алгыс ылан айаңңа турунуу;
2.
Куудай алааһар саһан сыппыт ампаарыгар сылдьыы. Манна Баьылай
Манчаары саллааттартан саьан сыппыт ампаара турар.
3.
Чааппана5а Манчаары Куех Кэтириинэлиин саьан сыппыт сирдэригэр.
Кыстык
оносто
сырыттахтарына
суустэн
тахса
саллаат
кэлэн
Манчаарыны тутан барбыттара.
4.
Тэппээк Мээхэлэ 9 ойууну сиэбит алааһа. Номоххо кэпсэнэринэн,
Тэппээк Чоочону кытта сатаспат эбитэ. Чоочо баай ону себулээбэккэ
ыьыах тэрийэн 9 ойууну ынырбыт. Уонна Тэппээги сиэтэ ыыппыт. Бу
алааска кэлэн ойууннар Тэппээккэ хотторон елер суолу булбуттар.
5.
Арыылаах алааһа, бэһэ. Манна 2005 сыллаахха санаттан тутуллубут
Манчаары бала5ана, ампаара баар. Алаас ненуе еттугэр себулээн
оонньообут бэьэ турар.
6.
Тимир сэргэлэринэн айан . 2005 сыллаахха Титов Спартак Юрьевич
Абрамов Василий Михайлович – краевед, салалтатынан 7 тимир сэргэ
туруоруллубут. Онтон билигин Арыылаах чугаьынан 4 сэргэ баара
биллэр.
Оччотоо5у
кэмнэ
уп-харчы
кыаллыбата5ар
икки
сэргэ
оноьуллубакка, турбакка хаалбыттар.
Бу билигин баар туерт сэргэни кэпсээтэххэ. Маннык:
1.
Арыылаах алааһын үрдүгэр дьиңнээх ѳтѳ5ɵр турар.
2.
Хампырыын кɵрдьүгэнэ диэн сиргэ баар.
9
3.
Тɵбүрүɵннэ Манчаары чугас до5оро - Наум Васильев саһыарбыт
сиригэр турар.
4.
Сымалаах үрдүгэр, бастакы таһыллыбыт сиригэр.
Бу туристическай айаммытын атырдьах ыйыгар, суол тупсан турар
кэмигэр, былааннаабыппыт. Элбэх сири биир куннэ хабаары, айаммытын
тереппуттэрбит ке5улээн, массыынанан барарга былааннаабыппыт. Манна
кылаас о5олоро маршрут биирдии тохтобулугар Баьылай Манчаары оло5ун
кэрдииьин туьунан кэпсиэхтээхтэр. Арыылаахха тиийэн баран сынньалан
тохтобулга – Манчаары себулуур дьарыктарыгар маарынныыр оонньуулар
ыытыахпытын ба5арбыппыт. Холобура, ыстаныыга, сууруугэ, ох саанан
ытыыга курэх. Хас биирдии курэх кыайыылаахтарыгар мэтээл, кубок
бэриллиэн сеп. Биьиги эрэ кылаас буолбакка, кэлин атын кылаас о5олоро,
Ходоро нэьилиэгин олохтоохторо сырыттыннар диэн хас сылдьыбыт
сирбитигэр хаартыска5а туьэн, видеонан устан оскуола5а хаалларарга
былааннаабыппыт.
Куьун 2019 сыллаахха, бала5ан ыйыгар, «Манчаары ааттаах суолунан»
экспедиция-походка 2 массыынанан сылдьыбыппыт: Аргунова О.Н. (кылаас
салайааччыта),
Никифорова
Т.А.,
Никифоров
Г.А.
(тереппуттэрим),
Спиридонов В.Н. (суоппар) уонна 12 уорэнээччи. Былааннаабыппыт курдук,
Манчаары уескээбит, сылдьыбыт сирдэринэн тэринэн барбыппыт, тохтобул
аайы биирдии о5о Баьылай Манчаары оло5ун кэрдиистэрин кэпсээбиттэрэ,
хаартыска5а туспуппут. Хомойуох иьин, сорох тимир сэргэлэр сууллан
хаалбыттар
этэ.
Арыылаах
алааьар
сынньанан,
саха
хамсаныылаах
оонньууларын оонньоон, аьаан, Манчаары бала5анын, собулээн оонньообут
бэьин
керен
дуоьуйбуппут,
астыммыппыт.
Сылдьыбыт
о5олортон
ыйыппыппар, Баьылай Манчаары оло5ун, торообут дойдутун туьунан элбэ5и
биллибит, илэ харахпытынан кербут буолан, сана билиини тургэнник,
ейденумтуетук ылынныбыт, ессе да маннык формалаах историческэй
походтарга сылдьыахпыт этэ диэбиттэрэ. Эьиилигэр, маннык походка
10
сылдьыбыппытын истэннэр, сэнээрэннэр, аны табаарыстыы дьиэ кэргэннэр
буолан 3 массыынанан, уопсайа 16 киьилээх походтаабыппыт. Кэлин
нэьилиэккэ
дьон
бэйэ-бэйэтиттэн
истиьэн,
араас
тумсуулэр,
кылааьынньыктар буолан барыахтарын ба5аралларын биллэрбиттэрэ. Ону
биьиги маршрут ойуутун биэрэммит ессе да элбэх киьи, бу хамсык кэмигэр,
дьиэ кэргэнинэн сырытта.
11
Тумук тыл
Сахаларга номоххо киирбит – Баьылай Манчаары, баай батталын утары
охсуьан, дьаданы дьону кемускээн утуе холобур буолар.
Баьылай Манчаары курдук легендарнай герой биьиги дойдубутугар
олорбутунан биьиги киэн туттабыт, кыра эрдэхпититтэн кини тереебут
алааьын, сылдьыбыт сирдэрин туьунан билиэхтээхпит дии саныыбын. Ол
эрэн, кини туьунан чуолкайдамматах тугэннэр элбэхтэр, билигин да бааллар.
Манчаары туьунан историктар, кыраайы уерэтээччилэр аатын уйэтитээри
элбэх улэни ыыталлар, элбэх кинигэни таьаартараллар. Биьиги эмиэ бу
бырайыакпытын улэлэтэн – Баьылай Манчаары аатын уйэтитиигэ кыра
кылааппытын
уурабыт.
Бу
буолар
биьиги,
сахалар
инники
олохпут
сырдыгын, эрэллээ5ин иьин киниэхэ махталбыт, сугуруйуубут!
Бу проекка оло5уран, «Мэнэ Кэскилэ» программа5а киирбит «Мэнэ-
Ханалас
биллиилээх
дьоно»
проекка
баар
дьон
торообут-уескээбит
дойдуларынан экспедиция поход оноруохха син эбит диэн тумуккэ кэллибит.
12
Туьаныллыбыт литература:
1.
Атлас Мегино-Кангаласского улуса РС(Я), 2014г;
2.
Суедэр
Куолаьап
«Тэппээк
ойуун
кырыыьа
уонна
Манчаары
се5уруйбэт таптала», 2011с;
3.
«Манчаары аман еье – Манчаары албан аата» И.М.Сосин, 2005с;
4.
«Догдоно нэьилиэгэ» 2010с;
5.
«Манчаары» И.Гоголев, 2005с;
6.
Л.С.Филиппов «Манчары – национальный герой якутского народа»
13